Кобяйский краеведческий музей
им. П. Д. Степанова
Ахтар-саныыр дьоннорбут
Сыл анараа өттүгэр Кэбээйилэр сытыы бөрүөлээх, таһыччы өйдөөх-санаалаах бастыҥ уолаттарбыт биһиги кэккэбититтэн туораабыттара. Кинилэр барбыттара биһиги эрэ нэһилиэкпит, улууспут ыар сүтүгэ буолбатаҕа. Ол курдук Петр Семенович Максимов поэт, публицист этэ. Ону ааһан философскай наука кандидата, 1995 сылтан суруйааччылар сойуустарын чилиэнэ этэ.
Онтон Иван Иванович Иннокентьев суруйааччы, прозаик, поэт, драматург уонна переводчик. 1992 сылтан Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа литературнай Бириэмийэтин Лауреата этэ.
Дьэ маннык үтүөкэн талааннаах уолаттарбытын санаан ааһаары, кинилэр олорон ааспыт олохторо сири-уоту эрэ бааһырдыынан буолбакка, үтүө өйдөбүлү хаалларар гына бу орто дойдуга ананан кэлбиттэрин туоһулаан ити тула кэпсэтии тохсунньу 28 күнүгэр 2023 с.Кэбээйи нэһилиэгин Григорий Кобяков аатынан модельнай библиотекатыгар буолла. Тэрээһини иилээн-саҕалаан Кыраайы үөрэтэр түмэл фондатын сүрүннүүр харайааччыта Иосиф Григорьевич Кобяков ыытта. Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлар, "Кулуһун кут" литературнай түмсүү чилиэттэрэ, суруйааччылар аймахтара.
«Биһиги Кэбээйибит буоруттан төрүттээх суруйааччыларбыт Петр Семенович Максимов уонна Иван Иванович Иннокентьев кылгас кэминэн быысаһан бу орто дойдуттан бартара сыл буолла. Бу Саха сирин суруйааччыларын кэккэлэригэр улахан сүтүк. Маннык талааннаах дьон дэҥҥэ көстөн ааһаллар. Петр Семенович да, Иван Иванович да Кэбээйигэ төрөөтөллөр да дойдуларыгар дэҥҥэ көстөн ааспыт дьоннор. Ол гынан бараннар кинилэр Кэбээйилэрбит диэн дойдуларын өрө тута сылдьыбыт дьон.
Петр Семенович үрдүк үөрэҕи бүтэрээт да үлэ-хамнас үлүмнэһиитигэр түспүт киһи. Суруйар үлэтин научнай үлэтин кытта дьүөрэлээн кэлбит киһи. Оннук таһаарыылаахтык үлэлиир этэ. Дириҥ философскай өйдөөх учуонай киһи этэ. Онтон Иван Иванович икки саастааҕар Кэбээйиттэн дьоно көспүттэрэ. Онтон ыла дойдутуттан тэйэн, тэлэһийэн хааллаҕа.
Иван Иванович айымньылара нууччалыы суруллубуттар. Кини хос эһэтэ нуучча эбитэ үһү. Ол да хаана оонньообут буолуон сөп. Уонна Сангарга көһөн баран нуучча оскуолатыгар үөрэннэҕэ, нууччалар эйгэлэригэр сырыттаҕа. Ол эрээри Иван Иванович сахалыы биһигиннээҕэр ордук ыраастык саҥарар этэ. Арассыыйа таһымыгар биллибит суруйааччы буолар», - диэн Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, литературнай түмсүү салайааччыта Иосиф Кобяков көрсүһүүнү аста.
Петр Семенович Максимов Кэбээйи орто оскуолатын бүтэрэн, үгэс быһыытынан Кэбээйи сопхуоска үлэлээн, армияҕа сулууспалаан баран үрдүк үөрэҕи бүтэрээт үрдүк үөрэх кыһатыгар философия кафедратыгар ассистенынан хаалбыта. Аспирантураҕа үөрэммитэ. Өссө оскуола сылларыттан хаһыакка кини хоһоонноро бэчээттэнэр этилэр. Петр Семенович төрүттэрин туһунан аймах - билэ дьонноро Александра Егоровна Полятинская уонна Аграфена Егоровна Обутова сырдаттылар.
Учууталлыыр сылларыгар «Литературнай Кэбээйи» бырыгырааманан үлэлээбит, үүнэр ыччакка ити бырыгыраама сүнньүнэн элбэҕи тиэрпит Валентина Николаевна Иванова суруйааччы Петр Максимов туһунан сырдатта.
Иван Иванович Иннокентьев дойдутугар биирдэ эмит кэлэн барара. Кини ийэтэ Кэбээйи улууһуттан төрүттээх. Онон Кэбээйигэ баар аймахтарыттан Мария Дмитриевна Горохова оҥорбут төрүччүтүн ырытан таһаарбытын балтылара библиотекарь Светлана Васильевна Оконешникова кэпсээтэ.
Манан көрдөххө Иван Иванович аймахтара киэҥ сиринэн тайаан тэнийэн олороллор эбит.
Ахтыһыы киэһэтэ төрүччүттэн саҕалаан суруйааччыларбыт оскуолатааҕы сылларын санатыһа түһэн ааспытыттан, мустубут дьон-сэргэ төһө кыалларынан билэллэрин кэпсэтиинэн түмүктэннэ.
Айталина Максимова, музей үлэһитэ.
Завершилась ретро-выставка «Рождённые в СССР»
В Кобяйском краеведческом музее с 26.12.2022. по 14.01.2023. прошла ретро-выставка «Рождённые в СССР», посвященная 100-летию образования СССР. Выставку организовали совместно с музеем клуб коллекционеров наслега «Харыстаана». Ретро-выставка вызвала большой интерес жителей и гостей села Кобяй явилась ярким событием в культурной жизни села. Первым посетителем выставки стал председатель Совета ветеранов наслега, много лет проработавший директором нашего музея Егор Авксентьевич Павлов. Егор Авксентьевич высказал, наверное, общее мнение: «Выставка даёт возможность погрузиться в атмосферу жизни советского времени, того самого «прекрасного далёко», которое стало уже частью нашей истории, сохранив в себе память о событиях, уже ушедших в прошлое и многими позабытых, а некоторым и неизвестных вовсе». Самым старым посетителем ретро-выставки стала Анна Леонтьевна Захарова, которой недавно исполнилось 92 года. Анна Леонтьевна долгие годы проработала библиотекарем в Кобяйской школе. А самыми юными стали воспитанники детского сада «Кустук», «Кэскил». Им особенно понравились ёлочные украшения и фигуры Дедушки Мороза со Снегурочкой из ваты. Выставку посетили также школьники целыми классами. Они имели возможность полистать старые классные журналы, песенники, «чихалки», «анкеты» советских школьников, посмотреть школьные принадлежности тех времен. Особенно много желающих познакомиться с выставкой было в праздничные новогодние дни. Все вещи на выставке настоящие, они запечатлели «моменты советской эпохи», дают возможность, особенно старшему поколению, заново пережить своё детство, юность, зрелые годы, а школьникам воочию потрогать, даже надеть школьную форму и ранец, полакомиться сладостями. С момента открытия ретро-выставку посетили 525 человек (в том числе 262 детей школьного и дошкольного возраста). В новогодние праздничные дни - 444 посетителей. В том числе 239 детей. Посетители поблагодарили организаторов и выразили желание и впредь организовывать такие выставки.
Айталина Максимова, сотрудник музея.
Ретро-выставка "Рожденные в СССР"
26 декабря 2022 года в ККМ им П.Д.Степанова открылась ретро-выставка «Рожденные в СССР», приуроченная 100-летию образования СССР. Ретро-выставку организовал клуб коллекционеров села Кобяй «Харыстаана». На выставке представлены предметы советского быта, газеты и журналы, открытки, радио-телеаппаратура, коллекция часов, школьные принадлежности, спортивный инвентарь, детские игрушки, школьная форма, фарфоровые статуэтки и т.д. Особое место занимает советская ёлка с игрушками и новогодние украшения. Зал украшен новогодними подвесными бумажными гирляндами, снежными хлопьями и снежинками. Отдельно представлена советская периодическая печать. К вниманию посетителей стол с советской посудой, самоваром, коллекцией советского сервиза, авоськой с покупками и.т.д. Ретро-выставка будет работать до 15 января.
Айталина Максимова, сотрудник музея.
Музейный диктант
22 декабря 2022 года Кобяйский музей провел культурно-просветительскую акцию “Музейный диктант”, посвященный 100-летнему юбилею СССР. Цель Музейного диктанта: сохранение исторической памяти. Диктант ставил задачей способствовать знанию своей истории, уважительному, бережному отношению к великому патриотическому, духовному, культурному наследию Отечества. Диктант проведен в здании Краеведческого музея, а также в Кобяйской СОШ. Участниками Диктанта стали жители наслега Кобяй в возрасте 18 лет и старше. Бланки с заданиями и вариантами ответов выдавались во время проведения Диктанта. Диктант включал 35 тестовых заданий с вариантами ответов. Верным был один ответ. Тематика заданий: история, география, экономика, этнография и культура СССР. Общая сумма баллов, которую можно набрать за правильное выполнение всех заданий – 35. Подведение итогов Диктанта и награждение победителей состоялось сразу. Участники Диктанта получили Дипломы победителей и участников. Диктант доказал, что жители Кобяя помнят и чтят своё прошлое, с благодарностью вспоминают октябрятское и пионерское детство, советских вождей и героев, ярких представителей советской науки и культуры. Самыми активными участниками Диктанта стали учителя, воспитатели и медики.
Максимова Айталина, сотрудник музея.
Презентация книги «Кобякова Клавдия Дмитриевна»
17 декабря 2022 года в зале «Олонхо» нашего музея прошла презентация книги о враче, долгие годы проработавшей заведующей Кобяйской участковой больницей, любимой матери, бабушке Кобяковой Клавдии Дмитриевне. Книга приурочена 75-летию со дня её рождения. В книге собраны воспоминания коллег, близких, друзей, а также фотографии. Ирена Семеновна, дочь Клавдии Дмитриевны рассказала, как создавалась книга, кто участвовал в издании; познакомила с разделами книги: родословная Клавдии Дмитриевны, воспоминания одноклассников, друзей детства и юности, коллег, сослуживцев, благодарных пациентов, родственников. Дочери рассказали о матери, семейных традициях, её любви к природе, беззаветном служении своему делу. На презентацию пришли родственники, коллеги и друзья Клавдии Дмитриевны. Все, кто пришел на презентацию отмечали её доброту, скромность, преданность своей профессии. Мероприятие прошло в очень теплой обстановке. Всем присутствующим были подарены книги с подписями составителей - дочерей Кобяковой К.Д.
Максимова Айталина, сотрудник музея.
Күндү ыалдьыты көрүстүбүт
Бэҕэһээ, ахсынньы ый 1 күнүгэр биһиги музейбытыгар Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгин Г. И. Чиряев музейын директора М. С. Томскай ыалдьыттаата.
Михаил Семенович биһигини кытта кэпсэтэригэр Чачы (Кэбээйи нэһилиэгин былыргы аата) уонна Чочу аҕа уустара Нам Хатырыгыттан төрүттээхтэрин уонна биир аҕа ууһа буолуохтарын сөптөөҕүн туһунан бэйэтин санаатын эттэ. Ол төрүппүтүнэн, үһүйээннэр кэпсииллэринэн, Уһун Кутурук Бадьаайы буолар эбит. Маны таһынан Михаил Семенович бу боппуруоска Хатырык нэһилиэгэр бара сылдьыбытын уонна Национальнай архивка баар докумуоннары кытта үлэлэспитин туһунан олус кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтэ. Ыалдьыппыт өссө хоһоон суруйар идэлээх эбит, хас да хоһоон күрэҕэр бастыы сылдьыбыт. Биһиги кини кэпсээнин истэ олорон балтараа чаас курдук бириэмэни билбэккэ аһардыбыт.
Ол кэнниттэн биһиги күндү ыалдьыппытыгар, биир дьарыктаах киһибитигэр музейбыт экспонаттарын көрдөрдүбүт, сиһилии кэпсээтибит. Түмүгэр биһиги музейбыт аатыттан киниэхэ “Чачы” кинигэ иккис чааһын уонна мин бэйэм “Дьол кыымнара” диэн ааттаах хоһооннорум хомуурунньугун бэлэхтээтим.
Инники өттүгэр бу олохтоммут сибээспитин өссө сайыннарар уонна уопсай төрүппүтүн хасыһар кэскиллээх үлэҕэ бииргэ үлэлэһиэх буолан тылбытын бэрсэн, бу көрсүһүүттэн бэркэ астынан араҕыстыбыт.
Иосиф Кобяков, музей үлэһитэ.
Кэбээйибит музейыгар баар 5 хомус историята
Бастакы хомуспут хаһан киирбитэ, сыла, кэмэ биллибэт. Бука бастакы экспонаттары хомуйуу кэмигэр киирбитэ буолуо. Туох да бэлиэ-иҥин суох, туруга үчүгэй.
Иккис хомуспутун сэрии иннинэ Таас Тумуска сыылкаҕа кэлбит уус оҕонньор оҥорбут, аата-суола биллибэт. Бу хомус дьиктитэ диэн -тыла көнө, иэҕиитэ суох. Музейга Левина Матрена Васильевна бэлэхтээбит.
Үһүс хомуспутун Кэбээйи талааннаах ыччата Иннокентий Яковлевич Дьяконов бэлэхтээбит. Иннокентий кыра эрдэҕиттэн уһанарга талааннааҕа, мындыра биллибитэ, хомус, саха быһаҕын оҥороро. Кэлин сварщик идэтин баһылаан билигин үрдүк кылаастаах специалист быһыытынан күндү металлары хостуур тэрилтэҕэ ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.
Төрдүс хомуспут историята: 2012 с. Сахабыт сирин президенэ Егор Афанасьевич Борисов Кэбээйигэ кэлэ сырыттаҕына хомус уонна саха быһаҕын бэлэх уунан көрсүбүттэр. Ону кини музейбытыгар туттарбыт. Ол билигин экспонат быһыытынан көрдөрүүгэ турар. Бу хомус уонна быһах А.А.Киренскэй оҥоһуктара.
Бэһис, эриэккэс оҥоһуулаах хомуспутун 2014 с., оччолорго Саха республикатын тимир уустарын ассоциациятын чилиэнэ Артем Алексеевич Киренскэй бэлэхтээбитэ. Билигин А.А.Киренскэй Норуот маастара, Саха республикатын культуратын туйгуна, аата ааттаммыт тимир, мас ууһа, ювелира, Кэбээйилэр биир киэн туттар киһибит.
Ити курдук музейбыт 5 хомуһун кылгас историята.
Ханна да бардарбыт хомуспут.
Алгыстаах алгыһа арыаллыыр.
Кырачаан бэйэтэ сөхтөрөр,
Дьол кыымын бэлэхтээн түҥэтэр.
(Дабайаана).
Музей директора Григорий Егоров.
Мероприятия в рамках месячника "Байанай"
В рамках месячника «Байанай» 23 и 25 ноября 2022 года в Улусном краеведческом музее им. П.Д.Степанова прошли музейные уроки и экскурсии. Музейные уроки провел художник-дизайнер музея, таксидермист-любитель Степан Константинович Эверстов. Степан Константинович рассказал о паводках животных, птиц и рыб Кобяйского улуса, показал их особенности на чучелах, заинтересовал школьников интересными историями на охоте и рыбалке. Ребята познакомились с разновидностями старых ружей, охотничьими снаряжениями. Особое внимание было уделено подледному рыболовству кобяйцев, истории рыболовства и рыбацким снастям. Затем Степан Константинович показал на слайд-презентации технологию изготовления чучела животных и птиц. Ребятам было интересно узнать, как он стал таксидермистом-любителем, какое было первое чучело, какая самая трудоемкая часть изготовления чучела и т.д. Музейные сотрудники выставили для обозрения наиболее интересные чучела. Для маленьких посетителей музея провела экскурсии Айталина Анатольевна Максимова. Дети познакомились с животными и птицами, узнали их названия. Им было интересно посмотреть вблизи чучела редких птиц. Экскурсовод рассказала о духе леса Байанай, показала его портрет. Учителя и воспитатели поблагодарили сотрудников музея и обещали приходить еще. Так интересно прошли мероприятия по Байанаю.
Айталина Максимова, сотрудник музея
Используем КАМИС для передачи данных в Госкаталог
Летом этого года после заполнения необходимых документов наш музей включен во Всероссийский реестр музеев. Коллективом ведется работа по занесению экспонатов музея во Всероссийский каталог с использованием КАМИС. В процессе работы в этой системе для каждого экспоната музея заполняется специальная таблица, где указываются физические характеристики, размеры, описание, год поступления и т. д. предмета.
Пополнение музея новыми экспонатами нумизматики, археологии, палеонтологии, печатной продукции, прикладного искусства, быта и этнографии происходит постоянно. И все это должно отразиться в КАМИСе.
Более 200 экспонатов уже занесены в каталог, так что любой желающий зайдя, в Госкаталог Музейного фонда РФ, может ознакомиться с нашими экспонатами. Надеемся скоро закончить занесение в каталог и завершить систематизацию всех наших экспонатов.
Директор музея Григорий Егоров
Кэбээйигэ коллекционердар түмсүүлэрэ тэрилиннэ
Сэтинньи 8 күнүгэр Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр музейга Кэбээйи нэһилиэгин коллекционердара уопсай түмэр мунньахтара буолан ааста. Коллекционердар бэйэлэрин интэриэстэринэн араас предметтэри хомуйаллар, ол иһигэр историческай суолталаахтар эмиэ бааллар, онон биһиэхэ музей үлэтигэр сыьыаннаахтар, чугастар.
Мунньахпытын биир дойдулаахпыт ЯРО " Якутский казачий полк" атамана Бондарев Филипп Иванович иилээн-саҕалаан ыытта. Филипп Иванович Кэбээйи оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан значоктары мунньууттан саҕалаабыт, билигин коллекцияларын арааһын ааҕан сиппэккин. Музейбытыгар 300 тахса араас значоктары, омук , ыраахтааҕы саҕанаагы харчылары, казактар толору комплект формаларын, атрибуттарын , Саха сирин, Сибиир былыргытыттан казачество туһунан кинигэлэри бэлэхтээбитэ. Филипп Иванович 2020 с. оскуола оҕолоругар "Я - коллекционер" диэн күрэх ыытар. Эһиил 2023 с. олунньу ыйга 3 тегүлүн бу күрэҕи ыытар. Оҕолор кыттыылара сыл аайы элбээн иһэр. 2021 с. В.П. Протопованы кытары бу маннык күрэҕи улахан дьон ортотугар ыыппыта. Филипп Иванови бэйэтэ спонсордаан бу күрэхтэргэ кубоктары туруорар.
Мунньах иннигэр кыттааччылар дьикти-араас коллекцияларын кердердүлэр, кэпсээтилэр, санаа атастастылар.
Уопсай мунньах түмүгүнэн коллекционердар обществолара - " Клуб коллекционеров с.Кобяй" тэрилиннэ. Общество салайааччытынан биир санааннан Зоя Яковлевна Сметанина, солбуйааччыннан Александра Тихоновна Сивцева талылыннылар. Кэлэр мунньахха общество аата уонна былаана бигэргэтиллэрин сүбэлэстилэр.
Ити курдук Кэбээйигэ ессе биир общественнай хамсааһын -"Коллекционердар кулууптара" тэрилиннэ.
Музей директора Григорий Егоров
Комсомол күнүн көрсө
Комсомол күнүн көрсө П.Д.Степанов аатынан Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл иһинэн төгүрүк остуол буолан ааста.
Сиһилии: дабаан.рф/article/76915
Саҥа кинигэ
Бүгүн биһиги музейбыт библиотеката саҥа экспонатынан байда – поэт Иосиф Кобяков Роберт Льюис Стивенсон «Вереск мүөтэ» айымньытын нууччалыыттан тылбаастаан ааҕааччыларга бэлэх уунна. Шотландия биллиилээх суруйааччытын айымньытын нууччалыы аахпатах киһи суоҕа буолуо.
«Мүөттээҕэр да минньигэс,
Арыгытааҕар уохтаах
Утах умнуллубута
Ырааппыт буолуохтаах...”, - диэн боростуой тылларынан бээгэй пииктэр вереск мүөтүн оргутар кистэлэҥнэрин Шотландия хоруолугар арыйбатах хорсун быһыыларын туһунан баллада саҕаланар. Бу кырачаан уҥуохтаах норуот хорсун буойуннарынан, бастыҥ тутааччыларынан биллэллэрэ. Сынньалаҥнарыгар вереск талаҕыттан мүөт буһаран иһэллэрэ, кэлбит ыалдьыттары күндүлүүллэрэ.
Улахан сэрии түмүгэр бу норуоту сири кытта сир, оту кытта от оҥорон имири эһэллэр:
«Кыргыһыы хонуутугар
Сылбах курдук буолбуттар
Вереск талах үрдүгэр
Кыргыллыбыт буойуттар.
Эргийбит самаан сайын.
Вереск эмиэ чэлгийбит.
Арай вереск утаҕын
Оҥорор дьон мэлийбит.”
Киһи хараҕа ыларынан вереск муора курдук долгулдьуйа үүммүт. Хоруол дьикти ута5ы иһэр ба5аттан икки тыыннаах ордубут пииктэри тутар уонна утах кистэлэҥин аҕалаах эдэр уолчааны муҥнаан да уостарын хоҥуннарар санаатын этэр.
Онуоха кырдьаҕас пиик мүөт кистэлэҥин этиэҕин, уолуттан кыбыстан туттунарын кэпсиир.
“Уол өлөртөн чаҕыйбат,
Оттон мин куттанабын.
Суобаспын атыылыахпын
Уолбуттан туттунабын.
Уолу кэлгийэн баран
Муораҕа тимиртиннэр.
Мин үөрэтиэм эн дьоҥҥун
Мүөт утах кистэлэҥэр.
Ити курдук эдэр уолчаан муора түгэҕэр өлүүнү көрсөр.
“Уолчаан өлөр үөгүтэ
Сүтэ да илигинэ
Оҕонньор эппит: “Уолтан
Куттаммытым мин дьиҥэ.
Уоһаҕа да куурбатах
Уолбар мин эрэммэппин –
Кини кэпсээн биэриэ диэн
Баар-суох кистэлэҥмитин.
Мин уоттан куттаммаппын.
Миигинниин өлүөхтүн
Мин ытык кистэлэҥим –
Мин верестэн мүөтүм!».
Айымньы сүрүн идеята – төрөөбүт дойдугар, норуоккар бэриниилээх таптал буолар. Ийэ дойдуларын туһугар олохторун харыстаабакка, чиэстээхтик өлөр өлүүнү көрсүү – бу дьиҥнээх хорсун быһыы.
Билиҥҥи кэмҥэ бу маннык патриотизм тыыныгар үөрэтэр, ыҥырар айымньылар суруллаллара, сахалыы тылбаастанан тахсаллара олус наада. Оҕо дьон бэйэлэрин тылларынан мировой шедеврдэри ааҕаллара, ырыталлара кинилэр тылларын сайыннарар, билиилэрин-көрүүлэрин кэҥэтэр.
Худуоһунньук Альбина Филипповна Павлова чаҕылхай өҥнөөх кыраасканнан күүскэ тардыалаан уруһуйдаабыта айымньы ис хоһоонун, тыҥааһыннаах кэмнэрин ааҕааччыга бу баар курдук арыйан көрдөрөр.
Музей үлэһитэ Руфина Сметанина
Времен связующий узор
Так называется выставка с участием народной мастерицы Ольги Ивановны Гуляевой и мастериц-умелиц Респулики Саха (Якутия), открывшаяся 25 мая в галерее «Арт Ситим» в здании Худфонда. Есть все основания посмотреть эту выставку и окунуться в мир красоты, сотканный из лоскутков разноцветной ткани. Это сейчас самый распространенный вид декоративно-прикладного искусства, уходящий корнями в глубь веков народного творчества. Стоит только вглядеться в орнамент одежды и обуви эвенов, эвенков, долган и юкагиров, чепраки и кычимы якутского коня - диву даешься, какую ювелирную работу выполняли женщины, составляя из крохотных кусочков меха и кожи удивительные мозаичные композиции. В наши дни лоскутное шитье становится средством выражения мировидения и эмоциональных чувств автора, что сближает его с профессиональным декоративно-прикладным искусством.
На выставке представлены различные варианты орнаментальных панно, сюжетных “мягких картин”, ансамблей конского убранства. Вручную сотканные аппликации, мозаики из мельчайших кусочков сукна размером менее сантиметра с узкими кантиками в швах, с разнообразными стежками, с вышивкой, поражают ювелирной точностью и чистотой исполнения. Мастерицы применяют бесконечное разнообразие геометрического и растительного орнамента, гармонически сочетая фактуру и цвет материала в технике сложного сквозного шитья и кантирования. Гармония цветовых сочетаний и созвучные ритмы разнообразной формы лоскутков материала создают в одном случае оптическую иллюзию движения в пространстве, как в знакомом нам с детства калейдоскопе, или наоборот, приводят к монументальным панно сложных композиций на современную или фольклорную тему.
Ольга Ивановна Гуляева, выпускница Пермского педагогического института много лет преподавала русский и немецкий языки в школах республики и в художественном училище. Но после 50 лет она решила работать как художник национального лоскутного шитья, техника которой была ей известна с детства. В 1996 г. успех триптиха “Кут-сюр” на фольклорную тему, показанный на всероссийской выставке в г. Иваново, определил окончательно ее дальнейшую судьбу. Теперь она известная народная мастерица, чьи работы получают признание на выставках по городам России и на международных выставках за рубежом. Своим мастерством Ольга Ивановна охотно делилась с начинающими женщинами в кружке “Лоскутная радуга”, созданной в галерее “Симэх”. Она гордится учениками, самостоятельно создающими сложные произведения.
В 2016 г. по инициативе Ольги Ивановны был организован кружок молодых мастериц “Дьэрэли” в с. Кобяй Кобяйского улуса, которым теперь руководит Руфина Владимировна Сметанина. Ныне коллектив «Дьэрэли» поднялся до высокого уровня народного искусства, в чем мы убедились на выставке: они специально приехали на выставку О.И.Гуляевой и заодно показали свои рукотворные изделия. До этого они уже были известны уникальной работой – в технике лоскутного шитья повторили известную линогравюру А. П. Мунхалова “Слушают мир”. Руфина Сметанина, Саргылана Докторова, Анастасия Терехова, Полина Адамова и Кобякова Ирина Гаврильевна стремились к точности оригинала во всех деталях. Поскольку линогравюра черно-белая, то материалом панно послужило черное и белое сукно, но размер листа 49х62 они увеличили до 114х94, стараясь при этом придерживаться светотеневых тонкостей.
На выставке были представлены работы мастера народных художественных промыслов РС (Я) Ирины Георгиевны Павловой из Верхневилюйска, талантливых мастериц Евграфовой Айталины Викторовны из г. Якутска, Надежды Михайловны Татариновой, Новиковой Евдокии Егоровны из Кангаласского, Тереховой Анастасии Васильевны, Докторовой Саргыланы Ивановны и Софроновой Виктории Ивановны. Адамовой Полины Иннокентьевны из Кобяйского, Федоровой Розалии Иннокентьевны из Сунтарского улусов.
Выставку, организованную Союзом художников, украсил женский ансамбль “Далбар” под руководством Раисы Иннокентьевны Сергучевой, где Ольга Ивановна выступает как солистка с редким красивым голосом. Хотя ей минуло 86 лет, она продолжает вдохновлять окружающих неиссякаемой энергией.
Ольга Ивановна Гуляева, член Союза художников России, педагог-лауреат Международного Фонда «Дети Саха-Азия», Отличник народного просвещения РФ, Почетный работник общего образования РФ, Отличник культуры РС (Я), и более всего гордится высокой правительственной наградой «Душа России».
Выставка работает до 10 июня в галерее Арт Ситим в здании Худфонда по ул. Белинского, 44. Спешите посетить.
З. И. Иванова-Унарова,
искусствовед,
профессор Арктического
института культуры и искусств
Открытый урок в Сангарском филиале музея
В Сангарском филиале Кобяйского краеведческого музея им. П. Д. Степанова прошел открытый урок "Фаддей Грузных - военный фотокорреспондент" для учеников 5 класса Сангарской СОШ № 1.
Подробнее: Ulus Media (xn--80aaacn2d.xn--p1ai)
Аан дойдутааҕы музей күнэ
Ыам ыйын 18 күнэ – Аан дойдутааҕы музей күнэ. Бу күн буоларын курдук олук сылаас, күннээх күн турааччы. Сайын сылаас тыына лаппа биллэр кэмэ. Быйыл оскуола ремоҥҥа турар буолан, музейбыт үөрэнэр кылааһыгар начальнай кылаастар былдьаһа-былдьаһа үөрэнэллэр, таарыйа музей көрөллөр. Онон ыам ыйын 18 күнэ оҕо-аймах күлбүт-үөрбүт саҥатынан саҕаланна. Выпустаах 4-с кылаастар (салайааччы Максимова Т. И.) дьоһуннаахтык туттан олорон нуучча тылыгар хонтуруолунай үлэ толордулар. Ол кэннэ оҕолорго анаан “Музей – норуот историятын сиэркилэтэ” диэн иһитиннэрии, экскурсия оҥоһулунна.
Күнүс үс чаастан бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр саҕаланнылар. Быйылгы сыл дойдубут Президиэнэ В. В. Путин ыйааҕынан Россия норуоттарын культуратын уонна культурнай нэһилиэстибэтин сылынан биллэриллибитэ. Онон быйылгы музей күнүн бэлиэтиир киэһэбит кэрэ кэскил кыраайбыт Кэбээйибит сахалыы айар куттаах, кыраайы үөрэтэр дьарыктаах дьонноругар ананна.
Бастакынан “Ыллаа кылыһахтаах кырыымпа, дьүрүһүй хомуһуннаах хомус!» түһүмэх саҕаланна.
3 «а» кылаас (салайааччы Кривошапкина С. С.) уонна «Кэскил» оҕо тэрилтэтин иитиллээччилэрин (салайааччы Кобякова И. Г.) кытта сахалыы народнай музыкальнай инструменнары кытта билиһиннэрэр аһаҕас уруок ыытылынна. Кривошапкина С. С. – музей бастыҥ социальнай партнера. Музейга буолар тэрээһиннэри кини кылааһын оҕолоро мэлдьи кэлэн киэргэтэллэр, көхтөөхтүк кытталлар. Бу да сырыыга ырыа да ылланна, олоҥхо да толорулунна. «Кэскил» оҕо тэрилтэтин бытырыыс оҕолоро сахалыы таҥнан-симэнэн кэлбиттэрэ көрүөхтэн кэрэ көстүү. Сахалыы музыкальнай инструменнары дьүһүнүнэн көрөн, тыаһын истэн таба билэллэрэ, тылы сүһүөҕүнэн арааран, музыкаҕа түһэрэллэрэ – бу барыта музыкаҕа уһуйааччы Кобякова Ирина Гаврильевна үтүөтэ буолар. Дуоспуруннаахтык туттан сахалыы матыыптары хомуска таһаардылар, аныгы ырыаны доҕуһуоллаатылар, оһуохайдаан тэптилэр.
Салгыы 16 ч. 30 м. “Кыраайы үөрэтии – ыччаты патриотизм тыыныгар иитиигэ төһүү күүс» видеоконференция ыытылынна. Манна Тыайа, Куокуй, Сангаар уонна Кэбээйи нэһилиэктэрэ холбонон дьоһун кэпсэтии буолла. Куокуйтан биллиилээх кыраайы үөрэтээччи Г. В. Иванов, библиотекарь В. Н. Спиридонова, культура үлэһитэ Н. Е. Олесова Куокуй нэһилиэгэр ыччакка патриотическай иитии хайдах ыытылларын сиһилии сырдаттылар. Олорон ааспыт геройдуу олохтоох үтүө-мааны дьоннорун үйэтитиини, Куокуй, Таас Тумус ытык сирдэри көрүүнү-харайыыны нэһилиэк кэнчээри ыччата бэйэтин эрчимнээх илиитигэр ылбыта киһини үөрдэр.
Тыайаттан Архипова Е. Я. – уруккута музей үлэһитэ видеоконференцияҕа кытынна. Тыайа нэһилиэгин музейын историятын, кыраайы үөрэтии билиҥҥи туругун билиһиннэрдэ. Екатерина Яковлевна: “Тыа сирин түмэлэ куорат түмэлиттэн киһиэхэ ордук күүстээх дьайыылаах буолар. Тыаҕа нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйах, бэйэ-бэйэни үчүгэйдик билсэллэр. Экспонат барыта аймахтарын, билэр дьоннорун маллара буолан,олохтоохторго интэриэһи, бэйэ дойдутунан киэн туттууну үөскэтэллэр. Онон кэнчээри ыччакка төрөөбүт дойдуну таптыырга тыа түмэлин оруола олус күүстээх”, - диэн эттэ.
Музей Сангаардааҕы филиалын сэбиэдиссэйэ Спиридонова А. Н. – саҥа үлэһит, инники үлэтин хайысхатын, былаанын кэпсээтэ.
Кэбээйи нэһилиэгин айар талааннаах дьоннорун түмэр «Кулуһун Кут» уонна улуустааҕы «Лена долгуннара» литературнай түмсүүлэр салайааччылара, РФ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ И. Г. Кобяков ааспыт сылларга ыытыллыбыт үлэ-хамнас туһунан иһитиннэрдэ. Кэпсэтиигэ кыттыбыт дьон инники өттүгэр нэһилиэктэр литературнай түмсүүлэрэ ыкса сибээстээхтик үлэлииллэригэр, бэйэ бэйэлэрин кытта хардарыта опыт атастаһалларыгар, эдэр ыччаты айар үлэҕэ уһуйалларыгар баҕа санааларын эттилэр. Маны сэргэ кэпсэтии кыттааччылара инники өттүгэр кыраайы үөрэтэр литератураны бэчээккэ бэлэмнээн ааҕааччы киэҥ араҥатыгар таһаарарга диэн түмүккэ кэллилэр. Видеоконференцияны Калининннааҕы сельскай библиотека үлэһитэ Оконешникова С. В. иилээн-саҕалаан, салайан ыытта.
Бырааһынньыгы Геннадий Васильевич «Кыыс Луҥха кэрэ көстүүлэрэ» диэн фотовыставката киэргэттэ. Выставка дьон-сэргэ үрдүк биһирэбилин ылыаҕын ылла.
Тэрээһин «Кыбытык иис абылаҥа, киллэһик иис кистэлэҥэ» диэн үһүс түһүмэҕэ 17 ч. 30 м. саҕаланна. Манна “Дьэрэли” иис-күүс түмсүүтүн быыстапката буолла. Быыстапка устун музей специалиһа Сметанина Р. В. мустубут дьоҥҥо экскурсия ыытта, хас биирдии үлэни сиһилии ырытан кэпсээтэ. Саха ииһин чыпчаала – кыбытыктаах тигии маастардара А. В. Терехова, П. И. Адамова иис кистэлэҥэр үөрэтэр маастар-кылаастары ыыттылар. Саҥа үөрэнээччилэр иискэ баҕалаахтарын, үөрэҕи үчүгэйдик ылыналларын көрдөрдүлэр. Хойукка диэри иистэнэн, сорохтор үлэлэрин ситэрэн дьиэлэригэр тарҕастылар. Инникитин нэдиэлэҕэ биирдэ түмсэн олорон иистэнэргэ диэн былааннаатылар.
Кырдьык да, аан дойдутааҕы музей күнэ нэһилиэкпит, улууспут хас да көлүөнэ дьоно кыттыылаах олус сэргэхтик ааста.
Руфина Сметанина, музей үлэһитэ
Интересно
В нашем музее имеется экспонат Венеры Егоровны Лугиновой, рассказывающий содержание олонхо П.А.Ойунского "Дьулуруйар Ньургун Боотур" видео-клип показывает книжку - раскладушку, изготовленную технологией аппликации из лоскутков ткани, фон содержит чтение стихотворения Венеры Егоровны "Дьулуруйар Ньургнун Боотур" членом Союза писателей РФ Иосифом Григорьевичем Кобяковым.
В рамках подготовки к пожароопасному сезону 2022 года, работники музея отработали навыки использования средств пожаротушения
Саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ
Бу күннэргэ нэһилиэкпит биир биллэр иистэнньэҥэ, хоһоон айааччыта Венера Егоровна Лугинова аҕатын сырдык кэриэһигэр анаабыт "Күн күлүмэ" кинигэтэ тахсыбытын түмэлгэ үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Бу тэрээһини Руфина Владимировна Сметанина "Үтүө түгэн" түмсүүнү, олохтоох библиотека үлэһиттэрин кытта ыытта. Венера Егоровнаҕа элбэх хайҕал тыл, инникигэ ситиһиини баҕарыы тыллара этилиннилэр.
И.Е.Аянитовы ахтыы түгэнэ
Кэбээйиттэн төрүттээх тустууга Норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастара Аянитов Иннокентий Егорович аатын үйэтитэр кинигэ тахсыбытынан, кулун тутар күнүгэр түмэлбитигэр түмсүү буолан ааста. Манна Кэбээйибит улууһун спорт салаатын салайааччыта С.И.Афанасьев, нэһилиэкпит аҕа баһылыга А.Н.Кобяков, бииргэ үөрэммит оҕолоро, аймахтара, ДЮСШ тренердэрэ, иитиллээччилэрэ кыттыылаах "Ахтыы киэһэтэ" буолан ааста. Кинигэни таһаарарга үлэлии сылдьар, бииргэ алтыспыт доҕоро, өр кэмҥэ СГУ преподаватэллээбит, билигин Дьокуускай куорат салалтатыгар үлэлии сылдьар Дмитрий Афанасьевич Егоров туох хайысхалаах үлэ бара турарын, тустууга ситиһиилэрин туһунан билиһиннэрдэ.
Иннокентий Егорович Аянитов 1956 сыл бэс ыйын 16 күнүгэр Кэбээйигэ төрөөбүт. 1970 сылга диэри Кэбээйи орто оскуолатыгар үөрэммит. Ол кэмнэргэ тустуу секциятыгар тренер С.И.Ивановка тустуунан дьарыгын саҕалаабыт. 1972-1975 сылларга Чурапчытааҕы спортивная интернат-оскуолаҕа улуу тренер Дмитрий Петрович Коркиҥҥа эрчиллэн, буһан-хатан, ССРС, Аан дойдутааҕы күрэхтэргэ ситиһиилэнэн, 1983 сыллаахха Норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастара буолбута.
Түмсүүбүт элбэх ахтыы-кэпсэтии, этиилэр киириилэринэн түмүктэннэ. Кинигэ тахсарыгар саҥа матырыйааллар, ахтыылар киирдилэр. Маны сэргэ, Д.А.Егоров ҥ төгүллээх олимпийскай чемпион А.И.Тихонов Куокуйга үс төгүл кэлэ сылдьыбытын туһунан матырыйаалы бэлэх уунна.
Награждены Орденом Казачества
По приказу Верховного Атамана Общероссийской общественной организации "Союз казаков"от 17 января
2020 года №1 по наградам, г. Москва, в соответствии с Положением о наградах в Общероссийской организации "Союз казаков", за огромный вклад в сохранение и развитие истории, быта и культуры Якутских казаков, наш музей награжден Орденом "За службу Казачеству"
Раритетные новогодние игрушки
Все мы из детства. Вспоминаем с трепетом те времена, храним вещи, которые стали дорогими сердцу раритетом, символом добра и любви к семейным традициям, жизни. Встречая Новый 2022 год, мы организовали республиканский конкурс "Раритетные елочные игрушки". Публикуем победителей в номинациях: номинация "Самые старые"-1 место - Иванов Харысхан из села Хампа Вилюйского района, 2 место - Васильева Миранда из села Чай Вилюйского района; в номинации "Семейная реликвия"-1место заняла Влада, Павла, Ким и Ваня Степановы из села Сайылык Кобяйского района; 2 место - коллектив детского сада "Кустук" села Кобяй Кобяйского района; в номинации "Самые большие и маленькие" -1 место заняла Винокурова Анюта из села Кобяй Кобяйкого района, 2 место - Захаров Алеша из села Тыайа Кобяйского района; в номинации "По следам детского любопытства" - Петров Алихан из села Ситта Кобяйского района, и в номинации "Самые красивые" - Лугинова Венера Егоровна из села Кобяй Кобяйского района.
Выражаем огромную благодарность нашим участникам и желаем дальнейших успехов и процсветания.
Түмэл талааннаах үлэһитэ.
Түмэлбит тупсаҕай көрүҥнэнэригэр үлэһиппит, айылҕаттан талааннаах уруһуйдьут, кыыл-сүөл чуучалатын оҥорооччу Степан Констатинович Эверстов быйыл оҥоһуктарын иккис улахан көодөрүүтэ тэрилиннэ. Бу көрүү Кэбээйигэ культура үлэтэ саҕаламмыта 80 сааһыгар аналлаах тэрээһин чэрчитинэн ыытылынна.
Степан Константинович айар үлэтин туһунан сайт "Наш коллектив" балаһатыгар киирэн сиһилии көрүөххүтүн сөп.
Ыалдьыппыт - композитор-мелодист А.К.Калининскай
Кэбээйи нэһилиэгэр кулууп тэриллибитэ 80 сылыгар аналлаах үгүс тэрээһин ыытылла турар. Түмэлбитигиэр биир дойдулаахпыт Кэбээйи улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Алексей Кимович Калининскай ыалдьыттаата.
Алексей Кимович элбэх автор айымньытыгар алыптаах матыыптары айан киэҥ эйгэҕэ биллэр-костор мелодист. Республикабыт элбэх улууһун, нэһилиэгин гимнин ырыаҕа аналлаах бырайыактар автордара кэлбит ыалдьыттарга айымньылаах үлэтин туһунана кэпсээтэ, ырыаларын иһитиннэрдэ, кинигэлэрин бэлэх уунна.
Кэбээйигэ дьоро киэһэ.
Ахсынньы 10 күнүгэр Кэбээйитээҕи "Сайдам" норуот айымньытын киинигэр ССРС культуратын туйгуна, Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Савелий Николаевич Тимофеев 80 сааһыгар анаммыт тэрээһин буолла.
Савва Николаевич махтанан туран: "Бу мин эрэ үбүлүөйүм буолбатах, бүгүн Кэбээйибитигэр Аҕа дойду алдьархайдаах сэриитэ бара турдаҕына, 1941 сыллаахха кулууп дьиэтэ тутуллан, туспа үлэһиттээх тэрилтэ арыллан үлэтин саҕалаабыт кэмин бэлиэтиир кэммит. Аҕа дойду улуу сэрии кэмигэр ааҕар балаҕан, киинэ, көхтөөх кыттааччылар Кыайыыга ыҥырыыга үлэтин ыытан бараллар. Бастакы директор Дмитрий Петрович Сметанин үлэлээн баран 1944 сыллаахха сэриигэ барар. Киинэ, кулууп, библиотека үлэлээн Кэбээйигэ улахан сайдыыны аҕалбыттара. Улахан хонтуруол барара. Ыйыллыбыт былааны толорууга улахан үлэ барара. Кулууп харабыллаах, оробуочайдаах, остуорастаах, бэйэлэрэ уу, мас тиэйэллэригэр сылгылаах этилэр. Маны сэргэ, араадьйыа буола турар быһыыны-майгыны сырдата турара. Сылтан сыл аайы сайдан билигин хас даҕаны уыччаты, нэһилиэк олохтоохторун түмэн улахан тэрилтэ буолан үлэлээн кэллэ".
Савелий Николаевич билигин даҕаны мээнэ олорбот, бары үлэбитигэр күүс-көмө, сүбэит буолар. Татьяна Егоровна буолан Т.Е.Сметаниҥҥа анаммыт сквер проегын оҥорон, түмэлбит таһыгар быйылгыттан үлэлэр саҕаланнылар. Т.Е.Сметанин 105 сааһыгар бу бырайыак ситэриллэн үлэҕэ киириэхтээх.
Подарок атамана ЯРО "Якутский казачий полк"
Наш земляк, атаман ЯРО "Якутский казачий полк" Ф.И.Бондарев человек с интересными увлечениями, занятиями. Вместе с различными музеями, группами совершает экспедиции по местам первопроходцев-казаков, исторических мест, преданий.
Коллекционер делает из ценных мамонтовых костей значки, брелоки, сувениры, человек с широким кругозором.
В будущем году исполняется 150 лет как начала работы в местности Мо5оллой Иннокентьевская часовня. В 1898 году на этом месте была построена Иннокентьевская церковь. Вот, сегодня макет этой церкви и преподнесен нам в подарок в качестве экспоната. Это очередной большой шаг со стороны нашего земляка Филиппа Ивановича в деле сохранения нашей истории.
Надеемся, что взаимовыгодное, плодотворное сотрудничество и дальше продолжится.
Встреча с администрацией ГУП ЖКХ РС(Я)
8 декабря в с. Кобяй с рабочей поездкой побывали Генеральный директор ГУП ЖКХ РС(Я) В.Чикачев, председатель профсоюза работников ГУП ЖКХ М.Г.Никуин. Ознакомившись с работой котельных села, на общем собрании коллектива, отметили поощрением работников ГУП " Заречье" активно участвовавших в ликвидации пожаров этого лета.
Также делегация посетила наш краеведческий музей. Гости внимательно и с интересом осмотрели экспозиции, музей-балаган Т.Е.Сметанина и остались довольны, отметили богатое и качественное содержание нашего музея.
Г.К.Егоров, директор музея
Олоҥхо үйэлээх үгэспит.
Олоҥхо декадатын кэмигэр Кэбээйи орто оскуолатын үһүс кылааһын үөрэнээччилэрэ (салайааччы С.С.Кривошапкина) СССР, СӨ культуратын туйгуна Савелий Николаевич Тимофеев "Эр бэрдэ, Элик үтүөтэ Эрдьигэн Бэргэн" олоҥхотуттан быһа тардан толордулар. маны сэргэ Анемподист Иванович Софронов-Алампа хоһооннорун аахтылар. Оҕолор нэһилиэкпит биир уран тарбахтаах иистэнньэҥэ, хоһоонньута, элбэх ырыа буолбут хоһооннор автордара Венера Егоровна Лугинова олоҥхо ис хоһоонун таҥаска дьүһүйбүтүн улаханнык сэргээн көрдүлэр. Венера Егоровна бу үлэлэрэ олоҥхо эйгэтин саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри, айылҕа дьикти көстүүлэрин, тыынар тыыннаахтарын олус дьэрэкээнник хоһуйбут. хартыыналарын көрөн олоҥхо ис хоһоонун билэҕин.
Кэбээйи орто оскуолатын 1971 сыллааҕы выпускниктарын кытары көрсүһүү
Сэтинньи26 күнүнгэр түмэлбитигэр Кэбээйи орто оскуолатын 1971 сыллаахха бүтэрбит үөрэнээччилэр 50сыллаах үбүлүөйдэригэр анаан таһаарбыт кинигэлэрин сүрэхтэниитин ыыттылар. Кинигэ тахсарыгар сүрүн үлэни оҥорбут Антонина ильинична Васильева (Соловьева) кинигэ ис хоһоонун сиһилии билиһиннэрдэ, бииргэ үөрэммит оҕолоро бары киирбиттэрин бэлиэтээтэ. Кырдьаҕас учууталларыгар Максимова Прасковья Михайловнаҕа, Ирина Васильевна Тереховаҕамахтал тылларын анаан туран тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттардылар. Соһуйуохпут, үөрүөхпүт иһин, Полина Победа-Полина Пантелеймоновна Находкина диэн радиоҕа истэр, НВК канлынан көрөр, социальнай ситимнэринэн тарҕанар, дьон-сэргэ таптаан ааҕар хоһооннорун автора биһиги оскуолабытын эбит. Эбиэттэн киэһээ оскуолаҕа хоһоону таптааччылары кытары көрсүһүүтүгэрараас жанрга талаанын көрдөрдө, хоһоонноруттан аахта. Зинаида Ивановна Седалищева (Бырдахарова) түмэлбитигэр махтанан туран - "Их выбрало время: организатор здравоохранения, народный депутат Верховного Совета ЯАССР Василий Седалищев" диэн кинигэни бэлэхтээтэ.Кэбээйигэ олорор выпускниктар ааттарыттан Альбина Романовна Аввакумова кинигэлрэ тахсарыгар сүүрбүт-көппүт доҕотторугар сэмэй бэлэхтэри туттарда. Кэбээйибит түмэлигэр үлэлиирбитигэр ситиһиилэри баҕаран туран ноутбук бэлэх уунна. Ити курдук, бэрт сэргэх көрсүһүү, уруккуну-хойуккуну ахтыһыы кэрэ түгэнэ буолан ааста.
Умнубат Түгэним
Полина Победа хоһооно
Оскуолам кэрэкэ кэрчигэ
Ааспыта Кэбээйи сиригэр.
50 сыл ааспытын кэнниттэн
Үктэнним үөрэммит ол сирбэр.
Оҕолуу күргүөмнээн сырсыбыт
Ыллыгым суоллара сүппүттэр,
Сааһырбыт сүрэхпин долгута
Кэбээйим киэркэйэ тупсубут.
Кэрэ да оскуола көрүстэ,
Сып-сырдык ааннарын арыйда,
Арай дуу, сүтүктүү санаатым
Үөрэммит оскуолам мас дьиэтин.
Кыл түгэнэ элэҥнээн аастылар
"Кыргыттар, уолаттар" дэммэппит,
Сааһырбыт учуутал дьоннордуун
Сүппэттик мин өйбөр сөҥмүттэр.
Кэбээйи, тупса тур, күннэтэ,
Кэнчээри ыччаккын арчылаа!
Бүгүҥҥү оскуолаҥ оҕото
Кэнэҕэс кэпсэнэр кэскилин!
Бу истиҥ көрсүһүү долгуна
Өр кэмҥэ дууһабын тыытыаҕа,
Урукку, билиҥҥи Кэбээйи
Олохпор умнубат түгэним.
27.11.2021 сыл. Кэбээйи.
Заголовок 1
Пушкинская карта
Для привлечения молодежи к культурным мероприятиям, с 1 сентября 2021 года запущена "Пушкинская карта". Это совместный проект Минкультуры, Министерства цифрового развития, "Почта Банка", который позволяет молодым людям (от 14 до 22 лет) бесплатно посещать музеи, театры, выставки, филармонии за счет федерального бюджета.
Условия для оформления:
Гражданство РФ, возраст от 14-22лет, наличие паспорта, подтвержденная учетная запись на госуслугах, подача заявки на оформление карты можно через мобилное приложение "Госуслуги. Культура", доступна на виртуальной и пластиковой карте, оформленной в 2021 году.
Также, Деньги карты не обналичиваются. Билет приобретается только на свое имя. Нельзя положить деньги.
Как использовать? Выбрать мероприятие из афиши в мобильном приложении "Госуслуги.Культура" и на портале Культура.РФ. Оплатить онлайн или картой в кассе. Получить билет с пометкой, что он оформлен по программе. Взять документы для подтверждения личности, чтобы войти по билету.
Подключились больше 1350 учреждений культуры из 85 регионов нашей страны. Среди них, Большой театр, Государственный музей изобразительных искусств имени А.С.Пушкина, МХТ имени А.П.Чехова, Третьяковская галерея, Мариинский театр и музеи Кремля.
Приобретайте Пушкинскую карту - широкую дорогу к искусству.
Сири оҥоруу-олох төрдө
От ыйын саҥатыгар Кэбээйигэ Горнайдааҕы ПМК учаастага тэриллибитэ 50 сылыгар анаммыт "Сири оҥоруу-олох төрдө" кинигэни РФ суруналыыстарын чилиэнэ Т.Д.Максимова түмэн, редакциялаан таһаарда. Бу кинигэтэ ПМК тэрилтэни иилээн-саҕалаан салайан атаҕар туруорбут үтүө - мааны үлэһиттэр тустарынан ахтыылар, докумуонна киирбиттэр. Кэбээйи оройуонугар сири оҥоруу хайдах курдук күттүөннээхтик ыытыллыбыта ахтыллар. Кэбээйибит оройуонун сирэ-уота оҥоһуллан, билиҥҥэ диэри туһалаан, өлгөм үүнүүнү биэрэ турарыттан биһиги астынабыт.
Егоров Г.К.
Түмэл директора
Чаҕыл сырдык сылларбыт.
От ыйын 20 күнүгэр Кэбээйи оскуолатын Кокорева Д.С., Сметанин Г.С., Каратаева М.И. салайааччылардаах 1975 сылга оскуоланы бүтэрбит үөрэнээччилэр "Чаҕыл сырдык сылларбыт" диэн 240 сирэйдээх кинигэ биһиги түмэлбитигэр сүрэхтэниитин сиэрэ-туома үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Кинигэ үрдүк таһымнаах көрүҥнээх; хара, өҥнөөх хаартыскалардаах; библиографическай матырыйааллардаах...
1975 сыл оскуоланы бүтэрээччилэр бэйлэрэ киэн туттар дьоннордоохтор. Ол курдук, М.И.Эверстов Гос.Дума 3-с, 5-с, 6-с ыҥырыыларын депутата, С.И.Терехов - Полярные авиалинии гендиректора, улуус баһылыга, В.В.Полятинскай РФ суруйааччыларын түмсүүтүн чилиэнэ, А.Н.Постникова (Аргунова) - байыаннай уонна ФСБ сулууспатын подполковнига, А.Н.Лугинов - "Шахтерская Слава" 3 степеннээх, "Почетный шахтер" бэлиэлэрин хаһаайына.
Бу выпуск нэһилиэккэ даҕаны, улууска даҕаны ордук иллээх, сомоҕолоһуулаах буоларынан биллэринэн, хас биирдии оҕо олоҕор ситиһиитин туһунан сиһилии бу кинигэттэн ааҕыаххытын сөп.
Чинчийии - инникигэ сорук.
От ыйын 27-28 к8ннэригэр Кэбээйи оскуолатыгар үөрэммит республикатааҕы "Эйгэ" экологическай хамсааһын салайааччыта тыа хаһаайыстыбатын наукатыгар кандидат Валентина Иннокентьевна Дмитриева, эколог-биолог Анна Егоровна Местникова тэрийиилэринэн "Озерам родного края - заботу и внимание" экологическай проект, экспедиция ү үлэлээтэ. Кыттыыны ыллылар бу хайысхаҕа үөрэнэ сылдьар ХИФУ студеннара, оскуола үөрэнээччилэрэ. Иилээн-саҕалаан ытта оскуола биолог-химик учуутала, экологическэй үлэни тэрийээччи В.Н.Заровняева. Икки күн устаат "Сиҥнээли", "Малыыда", "Көппөх", "Уу баһар көлүкэ" ууларын тутулун үөрэттилэр. у күөллэр устуоруйаларын, урукку уонна билиҥҥи кээмэйдэрин чинчийдилэр.Ордук улахан болҕомто уурулунна-кэлиҥҥи кэмҥэ күөллэрбит сылтан-сыл аайы уолан иһиилэрэ.
Маны кытары, биллиилээх суруйааччыбыт Т.Е.Сметанин төрөөбүт сиригэр, "Кыһыл Кэбээйи" диэн бэлиэ сирдэргэ сырыттылар. Үһүс күннэригэр нэһилиэк администрациятыгар экспедиция үлэлэрин төгүрүк остуол тула олорон санаа атастаһыытынан түмүктээтилэр.
Обогащение фонда музея
Атаман ЯРО "Якутский казачий полк" Ф.И.Бондарев 16 июля 2021 года, подарил музею Альбом "Знаменитые люди Якути" выпускаемого в честь 100-летия ЯАССР, составленный самим Бондаревым Ф.И., также комплекты значков "Памятные места Якутии", "Российское казачество", "Гербы наслегов Кобяйского района". Наш именитый земляк продолжает обогащать фонд музея и за это мы ему выражаем слова благодарности.
Саҥа таһымы ситиһии.
Бу күннэргэ биһиги коллективпытыгар биир үөрүүлээх сонун кэллэ. Музейбыт Сангаардааҕы филиалын сэбиэдиссэйэ Екатерина Яковлевна Архипова Культура уонна искусство Арктикатааҕы институтун "Музеология и охрана объектов культурного и природного наследия" диэн үрдүк үөрэх салаатын дипломун тутта.
Екатерина Яковлевнаҕа таһаарыылаах үлэтигэр-хамнаһыгар күүс-көмө буолуо диэн эрэнэбит.
Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр улуустааҕы түмэлин директора Г.К.Егоров
Манчаары оонньууларыгар Кэбээйи оскуолата.
Горнай улууһугар ыытыллар быйылгы Манчаары оонньууларын күрэхтэригэр Кэбээйи орто оскуолатыттан хабылыкка, хаамыскаҕа Христофор Андреевич, физкультура учуутала Клара Егоровна 6 кылааска үөрэнэр оҕолоро Каролина, адаптивнай көрүҥҥэ Сергей Максимов, Анна Егоровна Обутова, Филиппова Света, 8 кылаас үөрэнээччитэ, Полина Васильевна Дьяконова, физкультура учуутала Аполлон Аполлонович Гуляев оҕунан ытыыга, Софронеев Коля, 10 кылаас улуус хамаандатыгар киирэн кыттыахтара.
Спортсменнарбытыгар үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ
От ыйын 6 күнүгэр музейбытыгар "Дьон доруобуйатын" түһүгар диэн Наталья Николаевна Винокурова хомуйан, түмэн таһаарбыт кинигэтин сүрэхтэниитэ ыытылынна. 40 ахсааннаах, Кэбээйигэ балыһа аһыллыытын туһунан кылгас устуоруйалаах, урут үлэлээбит салайааччылар, быраастар, фельдшердэр, сиэстэрэлэр, санитаркалар уонна билигин үлэлии сылдьар коллегаларын ахтыыларын киллэрбит. Ордук кэрэхсэбиллээҕэ - урут үлэлээбит повардар, санитаркалар, техүлэһиттэр, суоппардар тустарынан мунньуллубут матырыйааллара. Автор, Саха сирин доруобуйатын харыстабылын туйгуна Н.Н.Винокурова бэлиэтииринэн - бу кинигэ кэлэр эдэр көлүөнэҕэ, кинигэ геройдарын оҕолоругар, сиэннэригэр ананар. Тэрээһин ырыа аргыстаах, истиҥ, иһирэх тыллардаах, ахтыылардаах, Наталья Николаевнаҕа элбэх үтүө тыл этиитинэн түмүктэннэ.
Балыһа коллектива музейбытыгар 90 сыллаах юбилейдарынан көрсө стендэ аһылларыгар баҕа санаалаахтарын эттилэр, онно сөптөөх үлэ ыытылларыгар быһаарыстыбыт.
Г.К.Егоров, музей директора
Страсти по Невскому
К 800-летию со дня рождения князя Александра Невского, музей объявил онлайн-конкурс "Страсти по Невскому". Самым активным и знающим участником стала Туйаара Ушницкая из села Түүлээх Усть Алданского улуса.
Субботник
По традиции провели субботник по очистке территории вокруг озера Сиҥнээли.
Получили Грант национального проекта РС(Я)
3 июня наш музей и сотрудник музея, Сметанина Руфина Владимировна получили сертификат победителя в конкурсе отбора на предоставление субсидии из Государственного бюджета РС(Я)в рамках реализации регионального проекта "Создание условий для реализации творческого потенциала нации ("Творческие люди") национального проекта "Культура"в 2021 году на мероприятие "Государственная поддержка лучших сельских учреждений культуры".
Мы стали участниками "Виртуальная Якутия"
На днях, в результате совместной работы с автором проекта "Виртуальная Якутия" Ионом Петровичем Дмитриевым, наш Кобяйский краеведческий музей им. П.Д.Степанова вошел в единый сайт, который включает в себя уже более 60 3Д-туров по музеям и музейным комплексам Якутии.
Теперь наш музей стал доступен к просмотру по сайту http://virtualyakutia.ru/old/tours/kobmuseum/kobmuseum.html
Музей обогатился еще одним экспонатом.
22-го марта наш музей посетили сестра писателя Т.Е.Сметанина Екатерина Егоровна и дочь Татьяна Тимофеевна. Приветственными словами выступили Глава наслега А.Н.Кобяков, руководитель Совета ветеранов Е.А.Павлов, директор музея Г.К.Егоров. Гости с руководителем улусной библиотеки А.Г.Ионовой подарили фото семьи, выполненное по технике алмазной мозаики в балаган посвященный .Т.Е.Сметанину. За круглым столом зала "Олоҥхо" провели искреннюю беседу, обсудили планы предстоящих мероприятий.
Встреча с Атаманом Якутского казачьего полка Союза казаков России
Бондаревым Филиппом Ивановичем
Первый в Якутии из якутов Атаман казачьего полка Союза казаков России казачьего полка Союза казаков России, уроженец села Кобяй, Бондарев (Дьяконов) Филипп Иванович посетил улусный музей с миссией дарения для постоянного хранения атрибутов и казачьего обмундирования.
Филипп Иванович тесно связывается с родным краем. В музее открыли стеллаж, где хранятся ранее подаренные вещи, это – шашка, нагайка, собранная с детства коллекция фалеристики - значков со времён Советского союза, книги о казаках России «Казачья сотня», «Ассамблея народов республики Саха (Якутия)», «Казачество – щит Отечества», фотографии.
Сегодня музей обогатился личными вещами Атамана - «Верительная грамота» - назначение Наказным Атаманом ЯРОО «Якутский казачий полк» во время проведения Большого Круга ЯРОО «Якутского казачьего полка» Союза казаков России (№12 от 6-го марта 2008 года), «Грамота» - казачий чин полковника СКР, портретом, казачьей буркой, бекешой, башлыком, папахой и фуражкой.
Филиппа Ивановича за тесную связь с родным наслегом слова благодарности высказали Глава наслега А.Н.Кобяков, бывший Глава наслега И.П.Кобяков, работавший долгое время директором музея Е.А.Павлов, и директор музея Г.К.Егоров. На встрече напутственными словами выступили руководитель клуба бабушек «Кубэйэ» В.П.Протопопова, поэт И.Г.Кобяков.
Г.К.Егоров,
директор музея.